22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥалас Суолатыгар ФАП тутуллар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суола сэлиэнньэтигэр фельдшер-акушер пуунун тутуута саҕаланыаҕа.

Билигин тутуу барыахтаах сиригэр канализационнай емкость туруоруллар, кулун тутар ортотугар сэндвич-панель кэлэр. Тас уонна ис тутуутугар анаммыт матырыйаал тиэллэн кэллэ.

Биригээдэ муус устар 21 күнүттэн үлэҕэ турунар уонна 20 хонук иһигэр эбийиэги бүтэрэр былааннаах.

Суолаҕа ФАП 1990 сыллаахха тутуллубута. Фельдшер уонна медсестра үлэлиир. Кинилэр 487 киһи доруобуйатын көрөллөр-истэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА