22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Манчаары оонньуулара". Коронавирустан быһыыны ылбыт спортсменнар кыттыахтара

13:02, 28 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйылгы «Манчаары оонньууларын» кыттыылаахтара коронавирустан быһыыны булгуччу ылаллара ирдэниэ. Бу туһунан спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев «Улус Медиа» Инстаграм сирэйигэр быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.


Иннокентий Григорьев иһитиннэрбитинэн сүүмэрдиир квалификационнай турнирдар пандемиянан сибээстээн ыытыллар кыахтара суох. Маны таһынан, Роспотребнадзор уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ирдэбиллэринэн 55 саастарын ааспыт спортсменнар күрэххэ кытталлара бобуулаах. Икки бастакы түһүмэхтэр улуус таһымыгар ыытыллыахтара. Ону ааспыттар от ыйын 6 — 12 күннэригэр Бэрдьигэстээххэ 15 спорт национальнай көрүҥнэригэр киирсиэхтэрэ. Икки бастакы бөлөххө 50-нуу спортсмен кыттыа, үһүскэ – 40, төрдүскэ — 30. Хамаанданы кытары уон бэрэстэбиитэл итиэннэ хас биирдии бөлөххө тренер баар буолуо.

ХХI Спартакиада кылаабынай судьуйатынан норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах судьуйа Семен Говоров ананна. Оонньуулар арыллыыларыгар РФ Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков кэлиэ.

«Роспотребнадзор, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин боротокуолунан хас биирдии спортсмен коронавирустан быһыы ылара булгуччуланыа. Көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэ үлэһиттэригэр ити эмиэ сыһыаннаах. Көрөөччүлэр туһунан быһаарыыны ыам ыйын диэкки, дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай туруктан көрөн ылыахпыт», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА