- Аахсыйа аата да этэринии, сааһыттан тутулуга суох дьон барыта Саҥа дьыл алыптаах остуоруйатыгар оҕолуу итэҕэйэллэр. Оттон сааһырбыт дьоҥҥо кыра да болҕомто наада. Быйыл Ороһуоспа иннинэ Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана куорат араас уһугар олорор 60-ча саастаах дьоҥҥо Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри түҥэттилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ араас тэрилтэлэр кытыннылар. «Бары дьиктини итэҕэйэллэр» аахсыйа уопсастыба, былаас уонна биисинэс бииргэ үлэлээһиннэрин туоһутунан буолла.