29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Өлүөхүмэ ыраах сытар нэһилиэктэригэр биэрэпис ыытыллар

18:02, 05 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис Саха сиригэр хас эмэ түһүмэҕинэн барар. 32 улууска 292 нэһилиэк ыраах, ойуччу турар сирдэргэ киирэр. Итиннэ 128 тыһ, о.э. нэһилиэнньэ 13% олорор. Муус устарга саҕаламмыт биэрэпис от ыйыгар, атырдьах ыйыгар итиэннэ балаҕан ыйыгар салҕаныа.


Муус устарга биэрэпис 15 улууска: Аллайыахаҕа, Анаабырга, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Аллараа Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Усуйаанаҕа толору барбыт, оттон Абыйга, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Үөһээ Халымаҕа, Горнайга, Өлөөҥҥө, Эбээн Бытантайга – ситэтэ суох.

Ити кэмҥэ 92 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 46305 олохтоох суруллубут. Бу сыл тохсунньу 1 күнүгэр манна 48982 киһи баара биллэрэ.

От ыйын 1 күнүттэн Өлүөхүмэ ыраах сытар нэһилиэктэригэр биэрэпис саҕаланна. Ый устата 32 нэһилиэккэ уопсайа 6103 киһини хабыахтара.

Атырдьах ыйыгар Алдан, Өймөкөөн, Уус Маайа улуустарын аҕыс нэһилиэктэригэр 4628 киһи суруллара былааннанар.

Балаҕан ыйыгар Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Эбээн Бытантай улуустарыгар барыта 154 нэһилиэккэ 64060 киһини хабар сорук турар.

Алтынньы 1 – 31 күннэригэр биэрэпис сүрүн болдьоҕо. Ити кэмҥэ 344 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 851 971 киһи суруллуо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА