Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавируһунан ыалдьыбыттарга 1700-тэн тахса куойканы бэлэмнээтэ. Итинтэн 900-һэ Дьокуускайга. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
200 куойка миэстэлээх үс стационары ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга тэрийдилэр.
Ыарыыны баарын-суоҕун быһаарар лабораториялар сууккаҕа 4000-тан тахса анаалыһы оҥороллор. Роспотребнадзор икки лабораториятын таһынан чинчийии өрөспүүбүлүкэ 11 мэдиссиинискэй тэрилтэлэригэр ыытыллар. Эбии ПЦР лабораториялара ХИФУ мэдиссиинэ институтугар итиэннэ «Фтизиатрия» киинигэр үлэлииллэр.