23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Коронавируһу кытары охсуһар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэри уһатыахтара

13:01, 27 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавирус дьаҥын кытары охсуһар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр эрэгийиэннээҕи көҕүлүүр төлөбүрдэри (стимулирующие выплаты) уһатыахтара. Бу туһунан «Якутия 24» ханаал Ил Дархан уонна бырабыыыталыстыба пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Тустаах дьаһалы бэҕэһээ Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа Ил Түмэн уочараттаах мунньаҕын кэмигэр биэрдэ. «Эрэгийиэннээҕи көҕүлүүр төлөбүрү коронавирус дьаҥын утары охсуһар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр уһатары», — диэн суруллубут дьаһалга.

Эрэгийиэннээҕи төлөбүр Ил Дархан дьаһалынан былырыыҥҥыттан «кыһыл зонаҕа» үлэлиир быраастарга итиэннэ мэдиссиинэ үлэһиттэригэр төлөнөр. Анал инфекционнай стационардарга үлэлиир быраастарга 66 тыһ, орто медперсоналга — 40 тыһ, алын сүһүөх үлэһиттэригэр 20 тыһ солкуобай төлөнөрө.

Маны таһынан, төлөбүрү суһал көмө биригээдэлэрэ, бастакы медико-санитарнай көмөнү оҥорор быраастар (поликлиника, амбулатория, ФАП), обсерватордарга үлэлиир быраастар ылаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА