Бүгүн «Кэскил» оҕо издательствотын YouTube ханаалыгар #Утумнааһын диэн рубрика күн сирин көрдө. Бу — көлүөнэ утумнаах санаата. Биэрии ыытааччыта Павлов Анатолий Николаевич-Дабыл. Кини “Кут-Сүр” кыһа салайааччыта, суруналыыс, “Айыы кыһата” оскуола учуутала.
«Саҥ тардыыта» оҕоҕо өй-санаа төрдүн төрүөҕүттэн ыла олордуу дэнэр. Бу оҕо этигэр-хааныгар саҥаны иҥэрэр ньыма. Холобур, итииттэн харыстанарга “Тай” диэн тыл баар. Былыргылар оҕо итии ууга, уокка буспатын диэн ити тылы тутталлара. Кинилэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн итии ньуосканан, эбэтэр уу тыынынан кыратык хаарыйан ылаллара. Оччоҕо кыра киһи тыл суолтатын өйдүүр буолар. Ылыммыт билиитин улаатыар диэри илдьэ сылдьар.
Маннык ньыма көмөтүнэн оҕо биириттэн сэттэ сааһыгар диэри кыһалҕатын этэр, тулатыттан сэрэнэргэ, харыстанарга үөрэнэр. Ол саҥ тардыыта дэнэр.