11 сылга көҥүлэ быһылынна өлөрүүгэ бириигэбэрдээтэ. Бу туһунан республика прокуратуратын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
2023 сыл тохсунньутугар кэргэнниилэр икки ардыларыгар этиһии тахсыбыт, онуоха эр киһи итирик туруктаах сылдьан, кэргэнин кырбаабыт. Дьахтары сутуругунан 28- тан тахсата охсубут. Ол түмүгэр, быһылаан тахсыбыт сиригэр ылбыт эчэйиититтэн дьахтар сотору кэминэн өлбүт.
Суут эр киһини 11 сылга кытаанах режимнээх көннөрөр холуонньаҕа хаайарга уураахтаата. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.