23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Көҥүлэ суох тутуллубут быһыттан Покровскайдыыр суол ууга былдьаныан сөп

16:37, 04 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайтан ырааҕа суох Шестаковка үрэххэ баар быһыт айылҕаны харыстыыр сокуону тутуспакка оҥоһуллубут. Ити түмүгэр Покровскайдыыр суол эҥэр баар даачалар, «Канада дэриэбинэтэ” сааскы халаан кэмигэр ууга былдьанар кутталлаахтар. Ити туһунан СИА-ҕа айылҕа харыстабылын кэмитиэтин госинспиэктэрэ Мария Мигалкина эттэ.


Уу сыһыаннаһыыларыгар департамент үлэһиттэрэ ити быһыты тутууга сайаапка киирбэтэҕин, тутууну көҥүллүүр докумуоннар суохтарын этэллэр. Биллэрэ диэн, 2- ГРЭС эбийиэгэ тутулла турар.

«Кылгас болдьох иһигэр сокуоннайа суохтук тутуллубут быһыты суох оҥоруохтаахпыт. Халаан кэмигэр быһыт элбэх ууну мунньуон сөп, ити биллэн турар чугастааҕы сиргэ-уокка кутталы үөскэтэр», — диэтэ Мария Мигалкина.

Инспиэктэр этэринэн, тус идэлээх дьон бэрэбиэркэлии сылдьаллар. Туппут дьон административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар