Саха сиригэр дьадайыы таһыма икки төгүл кыччыахтаах. Ол туһунан соругу регион баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытын кэмигэр эттэ, суруйар ЯСИА.
Өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма 2018 сыллааҕы 18,6% көрдөрүүттэн 2023 сыллаахха 14% диэри түстэ. Бу сыл 13,2% буолуохтаах.
«Үүнэр биэс сылга дьадайыы икки төгүл кыччыахтаах. Саха сирин уонунан тыһыынча олохтооҕо дьадайыыттан хардыылаан тахсаллара эрэ буолбакка, дьиэ кэргэттэрэ бөҕө тирэхтээх буолалларыгар туһаайыллыахтаах. Сорук уустук, былаас, уопсастыба уонна бизнес бииргэ үлэлиэн наада», – диэтэ Айсен Николаев.