22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан АСИ сүбэ мунньаҕар креативнай индустрияны сайыннарыы уопутун үллэһиннэ

12:27, 05 марта
Текст:
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Арассыыйаҕа креативнай (айар) индустрияны сайыннарыы эрэгийиэннээҕи стандартын олоххо киллэрии туһунан стратегическай инициативалар ааҕыныстыбаларын  (АСИ) сүбэ мунньаҕар этилиннэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, Саха сиригэр креативнай экэниэмикэни сайыннарыы — бу эрэгийиэн Бырабыыталыстыбатын тиһиктээх уонна тутаах соруга хас да биричиинэнэн быһаарыллар.

Бастатан туран, ыччат үксэ бэйэтин креативнай индустрияҕа көрөрүн өйдүүбүт. Маныаха биһиги кинилэр дойдуларыгар бэйэлэрин суолларын булуналларыгар кыаҕы биэриэхтээхпит. Иккиһинэн, креативнай экэниэмикэ уонна дьон олоҕун хаачыстыбатын икки ардыларыгар быһаччы тутул баар. Бу Дьокуускай куорат холобуругар көстөр. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путирн көҕүлээһининэн ылыныллыбыт Уһук Илин куораттарын саҥардан, тупсаран оҥоруу бырагырааматынан, биһиги Дьокуускайга киһи хапытаалын сайыннарарга, нэһилиэнньэ айар дьоҕурун, кыаҕын үрдэтэргэ эбийиэктэри, эйгэни тэрийэр кыахтаахпыт, — диир эрэгийиэн салайааччыта.

Кини креативнай индустрия — бу биисинэс араас көрүҥнэрэ буолалларын, онон чопчу хайысхаҕа туһуламмыт өйүүр миэрэлэр тэриллэллэригэр болҕомтотун уурар. Киинэҕэ, анимацияҕа, ИТ, ювелирнай оҥоһуктары оҥорууга, муода индустриятыгар о.д.а. өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсээтэ. Кини креативнай экэниэмикэҕэ каадырдары бэлэмнээһин боппуруоһугар тохтоото.

Биһиги Дьокуускайга үүнэр көлүөнэ пааркатын тутабыт. Бу кластерга чааһынай үөрэх тэрилтэлэрин таһынан, судаарыстыбаннайдар эмиэ түмсэннэр,  оскуола оҕолоругар, уһуйааҥҥа сылдьар оҕолорго кытары ураты, сонун, креативнай, урбаан үөрүйэхтэригэр үөрэтиэхтэрэ, такайыахтара, — диир кини.

Кини өрөспүүбүлүкэ ИТ-салаата элбэх каадырга наадыйарын этэр.

Былырыын биһиги Дьокуускайга 21 оскуола кампуһун аспыппыт. Бу сааһыттан тутулуга суох кимиэхэ барытыгар ИТ ааны аһар, индустрияны саҥа каадырдарынан толорорго көмөлөһөр. Бу судургута, түргэнэ суох суол. Сүрүнэ диэн, манна барар хамсааһыҥҥа, процесска эрэгийиэн салалтатын кыттыыта үрдүк буолуохтаах, — диэн этэр Ил Дархан.

«Саҥа бырайыактары хамсатыыга стратегическай көҕүлээһиннэр ааҕыныстыбалара» АНО генеральнай дириэктэрэ Светлана Чупшева түмүккэ Саха сригэр креативнай индустриялары сайыннарыыга улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ, итиэннэ АСИ каадырынан бөҕөргөтүү иһин Ил Дархаҥҥа махтанна.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3390081  манна көрүөххэ сөп.

СӨ Ил Дархан уоннга Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА