Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Оҕо көмүскэлин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Хайа да кэмҥэ оҕоҕо кыһамньы, кини олоҕун уонна доруобуйатын көмүскэлэ, оҕо аймах сөптөөхтүк сайдар усулуобуйатын тэрийии судаарыстыба уонна уопсастыба биир тутаах соругунан буолар. Бу сырдык кэрэ бырааһынньык үүнэр көлүөнэ дьоллоох оҕо сааһын уонна тускутун иһин биһиги, улахан дьон, эппиэтинэһи сүгэрбитин санатар. Саха сирин ыччата хаачыстыбалаах үөрэҕи ыларга, туһалаахтык сынньанарга, талаанын уонна дьоҕурун арыйарга сааһыттан, интэриэһиттэн, олорор сириттэн тутулуга суох тэҥ кыахтаах буолуохтаах. Биһиги бүттүүн кинилэр оҕо саастара дьоллоох буоларын туһугар бары усулуобуйаны тэрийиэх тустаахпыт.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн “Демография”, “Үөрэх”, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыактары, “Оҕо саас уон сыла” бырагырааманы уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр кэлим дьаһаллары олоххо киллэрии үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллар. Ол курдук оҕо аныгы уһуйааннара, оскуолалар тэтимнээхтик тутуллаллар, оҕоҕо аналлаах технопааркалар тэриллэллэр, “Үүнүү точката” диэн сыыппара уонна гуманитарнай үөрэх кииннэрэ арыллаллар. Биһиги оҕолорбут сиэрдээх, өйдөөх уонна идэлээх дьон буола улааталларыгар салгыы бастыҥ усулуобуйаны тэрийэргэ дьулуһабыт.
Ол да буоллар таптал, кыһамньы, болҕомто уонна өйөбүл дьиҥин оҕо дьиэ кэргэҥҥэ ылар. Онон биһиги оҕо иитиитигэр, кини дьоһун киһи буола улаатарыгар бары күүстэрин ууран, киниэхэ бэйэлэрин холобурдарынан бигэ туруктаах уонна иллээх дьиэ кэргэн суолтатын иҥэрэр төрөппүттэргэ махтанабыт. Сахабыт сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үксүү турара үөрүүлээх. Ону тэҥэ оҕолору иитэ ылбыт, хас биирдиилэригэр болҕомтолорун ууран, күннэтэ сылаас сыһыаннарын, кыһамньыларын бэлэхтиир дьиэ кэргэттэргэ махталбытын тиэрдэбит.
Оҕо көмүскэлин күнэ иккис сылын коронавирус тарҕаныытын бохсор дьаһалларынан хааччахтаммыт быһыыга-майгыга ааһар буолла. Ол эрээри бу уустук кэм үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү, дьол-соргу уонна таптал аргыстаах кэрэ-бэлиэ бырааһынньык сырдык сыдьаайын өлбөөдүппэт.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ чэгиэн туругу, эйэни уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Оҕолоргут ситиһиилээх буоллуннар, алаһа дьиэҕит мэлдьи үөрүү уонна дьол уйата буоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев