2 От ыйа 02.07
  • 18°
  • $ 78,27
  • 89,18

Икки улууска сир хамсааһына бэлиэтэннэ

12:09, 16 декабря 2024
Хаартыска: ЯСИа саайта
Читайте нас на
Бүтэһик нэдиэлэҕэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическай күүһүрүү бэлиэтэнэр. Ол туһунан ЯСИА-ҕа РНА Геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Сергей Шибаев иһитиннэрдэ.

Ахсынньы 12 күнүгэр 07:43 чааска Өлүөхүмэ илин өттүгэр 10 км дириҥҥэ сир хамсааһына бэлиэтэннэ, 5 — 6 бааллаах. Чугаһынан нэһилиэнньэлээх пуун суох.

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, 03:34 чааска Хани бөһүөлэк оройуонугар 3-4 бааллаах хамсааһын бэлиэтэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА