Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Национальнай библиотекатын үс саалатыгар 150 Дьокуускай олохтооҕо сахалыы тылынан диктаны суруйдулар.
Диктаны Национальнай библиотека уонна ХИФУ Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын тылларын уонна култуураларын Института тэрийэн ыыттылар. Кыттааччыларга Василий Сыромятников «Төрөөбүт алааһым кэпсээннэрэ» диэн кэпсээниттэн 360 тыллаах быһа тардыыны институт преподавателлэрэ ааҕан биэрдилэр.
Түмүк олунньу 19 күнүгэр биллиэҕэ. Бары кыттааччыларга сертификат туттарыллыа.
Киин куораты таһынан төрөөбүт тылларынан диктаны Уус Алданнааҕы, Амматааҕы уонна да атын муниципальнай библиотекалар ыыттылар. «Сааскы кэм», «Куйуур», «Мотуо», «Алдьархай» уонна Чингиз Айтматов сахалыы тылбаастаммыт кэпсээнин курдук айымньылартан быһа тардан суруйдулар.
Маны таһынан, араас викториналар ыйытыктарыгар хоруйдаан, кыттааччылар ийэ тылларын төһө билэллэрин бэрэбиэркэлэннилэр. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах бэртээхэй кинигэ быыстапката аһылынна.