Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр бу ый саҥата «Аар Тойон-өбүгэ таҥаһа» бырайыак чэрчитинэн эр киһи оноолоох сонун тигиигэ күрэстэһии быйыл үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна муҥутуур кыайыылаах «Кылаан бириис» үрдүк ааты Майаттан Матрена Тарская ылан, Мэҥэ Хаҥалас баһылыга Николай Старостин туруорбут сыаналаах бирииһин — иистэнэр массыынаны уонна күрэстэһии анал бэлиэтин тутан үөрүүтэ үрдээтэ.
Илиилэрин иһиттэн, уран тарбахтарынан бигээн эҥинэ бэйэлээх мааны таҥаһы-сабы тигэн таһаарар дьоҕурдаах уон киһи норуоттарын төрүт ииһигэр үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэстэригэр олоҕуран, эр киһи оноолоох сонун тиктилэр. Иистэҥньэннэр үлэлэрин иис-уус эйгэтин муоһалыыбыт дьоҕурдаах дьон түмсэн дьүүллүүр сүбэни төрүттээтилэр. Кинилэр ортолоругар норуот маастара Т.Н. Шишигина, уус-уран оҥоһукка маастар А.К. Фадеева, норуот маастара Е.И.Петрова, Майа производственнай киинин маастара А.Р. Степанова бааллар. Кинилэр кыттаччылар үлэлэрин уһаты-туора тутан, сыныйан сыаналаатылар. Ону таһынан «Кыбытык тигиигэ», «Бууктаах сону тигиигэ» ыыппыт маастар-кылаастарыгар сүбэлэри-амалары биэрдилэр.
Икки күн устата куонкурус кыттааччылара илиилэрин, санааларын араарбакка, баар сатабылларын, үөрүйэхтэрин бүүс-бүтүннүүтүн дьүүллүүр сүбэ, ыалдьааччылар, көрөөччүлэр болҕомтолорун киинигэр туруордулар. Эр киһи сахалыы таҥаһын тигиигэ бастыыр иһин эрийсиилээх киирсии кэнниттэн кыттаачылар бука бары анал ааттарынан биһирэннилэр. Ол курдук, «Саҥа саҕалааччы» ааты Ороссолуодатыттан кыттыбыт Альбина Шергинаҕа, «Кэскиллээх иистэнньэҥ» ааты Майатыттан Евдокия Захароваҕа, «Дьаныардаах иистэнньэҥ» ааты Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн кэлбит Надежда Авелеваҕа, «Түргэн тутуулаах иистэнньэҥ» ааты Надежда Сергееваҕа, «Ыраас илиилээх иистэнньэҥ» Чыамайыкыттан Екатерина Соловьеваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга иҥэрдилэр.
«Сэдэх көстүүлээх оноолоох сон» анал ааты Аллараа Бэстээхтэн кыттыбыт Александра Кузьмина, «Аныгылыы сиэдэрэй уруу соно» ааты Дьокуускайтан Марфа Шарина ыллылар уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. «Өбүгэ үгэһин утумнааччы» анал ааттары Чурапчы улууһун Маралаайы нэһилиэгиттэн кыттыбыт Аксинья Сивцева, Маргарита Захарова улуустааҕы «Олонхо дьиэтин» бирииһинэни бэлиэннилэр.
Дьокуускайдааҕы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуот айымньытын киинин генеральнай директора Я.В. Игнатьева, улуустааҕы предпринимательство управлениятын начальнига Е.Е. Белолюбскай, улуустааҕы Олонхо дьиэтин директора, «Аар Тойон — өбүгэ таҥаһа» проект ааптара Е.Н.Иванова эҕэрдэ эриэккэһин, баҕа санаа бастыҥын тиэртилэр уонна кыттаачылар бары да күүстээх санаалаахтарын, дьулуурдаахтарын, бэйэлэригэр эрэллээхтэрин, талба талааннаахтарын ойуччу тутан бэлиэтээтилэр.
Майатааҕы оҕону эбии дьарыктыыр киин, Аллараа Бэстээхтээҕи 1-кы №-дээх оскуола иитиллээччилэрин коллекциялара, ылбаҕай ырыа, тэтимнээх үҥкүү саха таҥаһыгар анаммыт дьоро киэһэ сиэдэрэй түһүлгэтин сиэрин ситэрдилэр, кэрэтик киэргэттилэр.