23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хотугу эргимтэҕэ вездеходтар айаннаатылар

18:19, 18 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Сергей Владимиров 10 хотугу эргимтэ улууһугар вездеход күлүүстэрин туттартаата.


«2015 сылга хоту уонна Арктика оройуоннарыгар уопсайа 78 мөл.солк. суумаҕа 23 вездеход ылыллыбыта уонна 15 улууска тириэрдиллибитэ. 2016 сыллааҕы бырагырааманан, бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 24 мөл.солк. көрүллэн, эбии сэттэ техника ылыллара былааннанар. Сыаналаах тэрили ылыах иннинэ характеристикатыгар, тириэрдии усулуобуйатынан хас да мунньах ыытыллыбыт буолан, билигин улуустар бэйэлэрин климаттарыгар сөп түбэһэр вездеходтарынан хааччылыннылар«, — диэн миниистир солбуйааччыта быһаарар.

Абыйга — 2, Анаабырга -1, Орто Халымаҕа — 2, Аллайыахаҕа — 1, Булуҥҥа — 2, Дьааҥыга — 2, Үөһээ Халымаҕа -2, Эдьигээҥҥэ — 2, Кэбээйигэ — 2, Муомаҕа — 2, Аллараа Халымаҕа — 2, Өлөөҥҥө — 2, Орто Халымаҕа — 2, Усуйаанаҕа — 1, Эбээн Бытантайга — 1.

Бу туһунан СӨ транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА