21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

«Хатас - Павловскай» муус суола болдьоҕун иннинэ арыллыан сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Хатас — Павловскай» Өлүөнэ эбэни туоруур муус суол болдьоҕун иннинэ арыллыан сөп — ахсынньы 5 — 7 күннэригэр, 3 туоннаҕа диэри тырааныспарга. Ол туһунан премьер-миниистир Андрей Тарасенко улуус баһылыктарын кытта мунньахха эттэ, СИА суруйар.

Саха сиригэр кыһыҥҥы муус суоллары оҥоруу үлэтэ салҕанар. Хатас — Павловскай хайысханан муус суолу оҥорууга өрүс хаҥас кытылыгар үлэ барар. Билигин төрдүс балаһа  уонна үһүс балаһа 50%-на ыраастанна. Муус халыҥа — 28 см.

Уҥа биэрэккэ муус суолга киирии оҥоһулунна. Тырааныспар министиэристибэтин былаанынан: 3 туоннаҕа диэри – ахсынньы 10 күнэ; 20 туоннаҕа диэри – ахсынньы 20 күнэ;  30 туоннаҕа диэри – ахсынньы 28 күнэ; 40 туоннаҕа диэри – тохсунньу 6 күнэ.

Миниистир бастакы солбуйааччыта Анатолий Потапов эппитинэн, бу учаастакка 3 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга суол арыллыыта болдьоҕун иннинэ көҥүллэниэн сөп.

«Бу күннэргэ быһаарыы тахсыаҕа, суолу ахсынньы 5 — 7 күннэригэр арыйар кыах баар», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА