Киин куорат таһынааҕы Улахан Марха бөһүөлэгэр баар 5 №-дээх эмтиир-көннөрөр холуонньа олбуорун таһыгар дьуһуурунай үлэһит Д. диэн гражданины тутта.
Бу киһи ити хаайыыга олорооччуларга бобуулааҕы олбуор нөҥүө быраҕаары («перебросы» дэнэр) гыммыта табыллыбатах.
Холуонньа оперативниктара киниттэн 1 л пластиковай бытыылкаҕа кутуллубут испиирдээх утаҕы уонна 300 г ыйааһыннаах доруоһа булбуттар.
РФ Административнай кэһиилэрин кодексатын 19.12 ыстатыйатын ирдэбилинэн, бу киһиэхэ боротокуол толоруллубут. Бу ыстатыйанан накаастабыл миэрэ — 3 тыһ. солк. — 5 тыһ. солк. диэри суумалаах ыстараап.
Бу туһунан РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.