Ил Дархан Егор Борисов бу күннэргэ бырабыыталыстыба тутулугар уларытыылары киллэрдэ. Ыйаахтар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин кытта ыкса ситимнээхтэр.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатын инники сайдыытыгар туһалыахтаах дьону иитэр-үөрэтэр Саха Государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Иван Слепцов уларыйыыларга санаатын эттэ.
Үрдүк үөрэх тэрилтэтин салайааччыта этэринэн, бу Ыйаахтарынан Егор Афанасьевич тыа хаһаайыстыбатын салаатын бөҕөргөтөргө улахан соругу туруорда. «Тыйыс тымныылаах дойдубутугар биһигиттэн ордук ким да сири таҥастаан, сүөһү, сылгы ииттэн олорор кыаҕа суох. Ол иһин урут да, билигин да биһиги салайааччыларбыт тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтону уураллар«, — диир кини.
«Салалтаҕа араас таһымнаах кыһалҕаны быһаарыы ирдэбилэ кытаатан, күүһүрэн, хабаана кэҥээн иһэр. Онон Петр Николаевич Алексеев СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччы дуоһунаһыгар стратегическай хабааннаах боппуруостарга үлэтэ күүһүрүө диэн сабаҕалыыбын. Онтон тыа хаһаайыстыбатын министрин эбээһинэһин толорооччунан саҥа анаммыт Александр Павлович Атласов бу салааҕа үлэлиир дьон көҕүн холбоон, ону өйөөн, кинилэри бэйэтин тула мунньан, күүстээх хамсааһыны таһаарыа диэн эрэнэбин. Кини идэтинэн – агроном, нэһилиэккэ, улууска баһылыктаан тэрийээччи быһыытынан сиппит-хоппут киһи. Тыа сирин сайдыытын экономика сүрүн хайысхатын быһыытынан сөптөөхтүк сыаналааһын, дьон олоҕун тупсарыыга улахан суолталаах. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччы дуоһунаһыгар анаммыт Михаил Анатольевич Осипов Тимирязев аатынан Москватааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын выпускнига. Оттон Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар иитиллэн тахсыбыт эдэр салайааччы, биһиги академиябыт выпускнига Денис Георгиевич Белозеров экономика министрин эбээһинэһин толорооччунан ананна«, — диэн санаатын этэр Иван Слепцов.
Ректор бэйэтин этиитигэр өрөспүүбүлүкэ улуустарын 12 баһылыга кини салайар академиятын уонна дойду атын үөрэҕин кыһаларыгар тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар үөрэммиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Бу эргийиэн олохтоохторун сүрүн дьарыктарын туоһулуур мэктиэ. Онон тыа сирин салайдыытыгар саҥа киирбит уларыйыылар үлэни сомоҕолуурга кыахтаахтык уонна далааһыннаахтык дьайыахтара диэн эрэнэбин», — диэн түмүктээтэ.