22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ "улахан үүт" кэмэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Билигин Саха сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 909 тонна кэриҥэ үүт ыанылынна. Бу сыллааҕы былаан 45% туолуута буолар.

Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ 10%-нан элбэх  үүт ыаммыт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү оҥорууга субсидия ставката 60-тан 65 солкуобайга диэри үрдээтэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар билигин үүт тутааһыҥҥа, собуоттары үлэлэтээһиҥҥэ, от үлэтигэр бэлэмнээһиҥҥэ үгүс үлэ бара турар.

Бүгүҥҥү туругунан 16 нэһилиэк уонна 3 учаастак үүт туттара олорор: Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй, Сургулук, Боотулуу, Далыр, Хомустаах, Дүллүкү, Хоро, Кырыкый, Маҥаас, Харбалаах, Кэнтик, Ороһу, Нам, Тамалакаан, Балаҕаннаах уонна Туобуйа. Ону тэҥэ, Көтөрдөөх, Трудовой, Куду учаастактара.

Быйылгы 2024 сыл үүт былаана 2559, 15 тоннаҕа тэҥнээх. Билиҥҥи туругунан, 425,212 тонна үүт туттарыллыбыт.

Быйылгы үүт харчыта тохсунньуттан саҕалаан муус устар ыйга диэри уһатыллыбакка толору төлөнө турар. Ону таһынан ыам ыйыгар үүт туттарааччы биэс бааһынай хаһаайыстыбаҕа 50 быраһыан абаанса көрүллүбүт.

Үп-харчы эргийиитин хонтуруоллуур сыалтан Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын дьаһалтата, “Алмазэргиэнбаан” АКБ уонна “Үөһээ Бүлүү” ХЭУо үүтү соҕотуопкалааччылары кыта “Алмазэргиэнбаан” АКБ счетугар номинальнай счет арыналларыгар Сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу счет үүтү соҕотуопкалааччылар үптэрин хонтуруоллуурга төһүү күүс буолар.

Источник: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА