21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускайга Звезднай микрооройуоҥҥа дьыссаат тутуута саҕаланна

10:01, 08 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга Звезднай микрооройуон тутулла турар С секторыгар 315 миэстэлээх дьыссаат тутуута саҕаланна. Бырайыак быһыытынан, бу үс этээстээх, таһыгар оҕо оонньуур былаһааккалаах буолуоҕа. Ол туһунан «РИА» тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Сыбаайатын ууруу саҕаланна. Эбийиэги 2025 сылга үлэҕэ киллэрэр былаан баар. Дьыссааты таһынан бу микрооройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола уонна поликлиника тутуллуохтаахтар», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Микрооройуоҥҥа олорор дьиэлэри таһынан социальнай уонна спортивнай эбийиэктэр тутуллаллар, тырааныспар инфраструктурата эмиэ хааччыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА