«Эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыы — эмиий рагын утары охсуһууга күлүүс» диэн акция ХИФУниверситет медицинскэй клиникатыгар бээтинсэ күн саҕаланна. Бу күн дьахталлар онкологическай ыарыыны быһаарыыга босхо бэрэбиэркэни аастылар.
Акция биир сыл ыытыллыа. Бу туһунан тэрийээччилэр — Дьокуускай куорат доруобуйа харыстабылын управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрдилэр. Бары медицина тэрилтэлэригэр хас иккис субуота күн аһаҕас ааннар үлэлиэхтэрэ. «Эмиий рагынан ыалдьыы бастакы миэстэҕэ турар. Ол иһин маннык акцияны ыытабыт«, — диэн управление салайааччыта Лидия Афанасьева иһитиннэрдэ.
Дьахталлар онкомаркерга хаан анаалыһын туттардылар, скрининг-тест аастылар, УЗИ оҥортордулар, маммолог, гинеколог, хирург быраастары кытта консультацияластылар. Сүүһүнэн бэйэлэрин доруобуйаларыгар кыһаллар кыргыттар уонна дьахталлар кыттыыны ыллылар.
«Россия Ийэлэрэ» Бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Прасковья Борисова профилактика хайаан да баар буолуохтааҕын, кэтээн көрүнүү тиһэҕин быспакка ыытыллыахтааҕын эттэ. «Хас биирдии дьахтар, кыыс эрдэ бырааска көрдөрөн, сүбэ-соргу ылара ордук. Биһиги бары дьахталларга бэйэҕит доруобуйаҕытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ диэн этэбит», — диэтэ кини.