Дьокуускайга Ленин проспегын 16 дьиэтин ойоҕос истиэнэтигэр баар күн чаһыытын өрөмүөннээтилэр. Ол туһунан ЯСИА суруйда. Санаттахха, ураты күн чаһыытын хас да сыллааҕыта куорат олохтооҕо суох гынары ирдээбитэ.
140 кв м иэннээх улахан чаһыы ааптара оччолорго аэрогеодезическай тэрилтэ дириэктэрэ Геннадий Бочаров буолар, астроном-геодезист идэлээҕэ. Кини билигин биһиги ортобутугар суох.
Бочаров үлэтин кэмигэр куруук эксперименниирин сөбүлүүрэ, чаһыылары араас матырыйаалтан, илиигэ туох түбэспитинэн оҥороро. Чаһыы 11:00 — 22:00 чааска диэри үлэлиир.
Маны сэргэ күн чаһыыларын ансаамбыла Саха сиринээҕи картографирование историятын музейыгар экспонат буолан тураллар.