Дьокуускайга хаан кутар ыстаансыйаҕа Россияҕа донор күнүгэр анаммыт нэдиэлэ саҕаланна. Акцияҕа, донордыырга утарбат доруобуйалаах ким баҕалаах кыттар. «Хаан донорынан 18-тан үөһэ саастаах, 50 кг үөһэ ыйааһыннаах, медицинанан бобуута суох доруобуйалаах ким баҕарар буолуон сөп. Коронавируснай инфекция, COVID-тан вакцинация, ОРВИ, тумуу ыарыыларын кэнниттэн, үтүөрэн баран, 30 хонук ааспытын кэннэ хаан туттарыахха сөп», — диэн ыстаансыйа пресс-сулууспата эттэ.
Докумуоннар: пааспар, СНИЛС, баан картатын реквизита, манна көрүллэр аска компенсация ыытыллар. Донорга көрүллэр: медицина кэтээн көрүүтэ (быраас- трансфузиолог, хаан лабораторнай чинчийиитэ); хаан туттаран баран чөлгө түһүүгэ ас; үлэттэн\ үөрэхтэн босхолуурга ыспыраапка, икки хонукка орто хамнас ааҕыллан туран.