Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан эбэҕэ муус күүскэ барар кэмигэр аэроботтар үлэлиэхтэрэ. Тарыып 3000 солк быһыллар. Салгыы ыам ыйын 25 күнүттэн бастакы паромнар уонна суудуналар айанныыллара былааннанар, суруйар СИА.
Борогунуос быһыытынан Дьокуускай территориятынан эбэ мууһа ыам ыйын 21-22 күннэригэр ааһара күүтүллэр. Муус хойуутук устар кэмигэр Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан аэроботтар сылдьыахтара. Маны сэргэ «Полярные авиалинии» АХ бөртөлүөттэрэ көтүөхтэрэ.
Муус ааста да навигация саҕаланар, бастакы паромнар, суудуналар ууга тахсыахтара. Бастакы рейс, барыллаан былаанынан, ыам ыйын 25 күнүгэр туруоҕа.
Билигин Өлүөнэ эбэҕэ муус хойуутук Өлүөхүмэ оройуонун территориятынан ааһар. Муус устуутун быһа көрүүнү манна.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА