22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьохсоҕоҥҥо боробуллар "Бастыҥ кынат" буоллулар

11:11, 31 марта 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Таатта Дьохсоҕонугар «Алампа» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Изабелла Жараева, Анна Константинова көҕүлээһиннэринэн нэһилиэккэ оһуохай күөн күрэһэ тэрилиннэ. Бу туһунан художественнай салайааччы Анна Васильевна иһитиннэрдэ.


«Тэрээһин түөлбэлэр үлэлэрин сэргэхситэр, өбүгэ оһуохайын өрө тутар, кэнчээригэ иҥэрэр сыаллаах ыытылынна. Онуоха бииртэн-биир уран тыллаах, уһун тыыннаах этээччи кыттыбыта күрэстэһиини сытыырхатан, сэргэхситэн биэрдэ. Ыччаттар тэрээһини улаханнык кэрэхсээн, эһиил холонон көрөр баҕалаахтарын биллэрдилэр», — диэтэ.

Түмүккэ «Кылыһахтаах куолас» анал ааты Наталья Попова (Лыабачаайы түөлбэ) ылла. «Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» Боробул түөлбэттэн кыттыбыт Гликерия Пономарева буолан дьонун-сэргэтин үөртэ. «Чуор куолас» аата Варвара Гладкинаҕа (Саар Ыаҕас) иҥэрилиннэ. «Уһун тыыннаах этээччинэн» Лариса Попова (Киин) талыллан үөрүү-көтүү көтөллөннө. «Хомоҕой этээччи» уонна «Бастыҥ этээччи» анал ааттар Мария Баснаеваҕа (Таатта түөлбэ) туттарылыннылар.

Түөлбэлэртэн боробуллар турунан кыттыбыттарын түмүгэр «Бастыҥ кынат» ааты ылан уруй-айхал эттилэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ олорбут Дархан этээччилэр СӨ култуура туйгуна Афанасий Попов уонна Иван Потапов оһуохай этээччилэргэ сүбэ-ама биэрдилэр. Ол кэннэ таатталыы оһуохайы тардан түһүлгэҕэ мустубут дьону түмэ тартылар, эдэрдэри үөрэттилэр. Түмүккэ түһүлгэ санаа иһинэн тэриллибититтэн, оһуохай уһун тыыннаммытыттан, эдэр ыччаты кэрэхсэтэриттэн нэһилиэк олохтоохторо улаханнык үөрэн, астынан тарҕастылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА