Үөдэйгэ 60 миэстэлээх саҥа таас оскуола аанын аста. Бэлиэ түгэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кытыннылар.
Билии кыһата «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Уопсайа 1395,0 кв. м иэннээх, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ лабораториялаах физика, химия кабинеттара, бибилэтиэкэ, киэҥ-куоҥ спортивнай саала, остолобуой баар.
Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо аймах сылын көрсө бу маҥнайгынан Хаҥалас улууһун Үөдэйигэр өр сылларга күүтүллүбүт таас оскуоланы арыйабыт диэн бэлиэтээн эттэ. «Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Бастакы президенэ Михаил Николаев саҕаттан үөрэх-билии сайдыытыгар, үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр улахан суолта ууруллар. Чуолаан тыа сиригэр оскуола — олох эргийэр киинэ буолар, кини сайдыытыттан нэһилиэк бүтүн инникитэ тутулуктаах. Онон бу саҥа, аныгы тутуулаах оскуола үөрэнээччилэрэ, педагогтара ситиһии эйгэтин түстүөхтэрэ диэн эрэнэбин!», — диэтэ Айсен Сергеевич.
Ольга Гермогенова, «Хаҥалас» хаһыат.