Аныгы технология нөҥүө хаартысканан дьүһүйүү искусствота сайдар. Төлөпүөннээх буоллуҥ да тулаҕын хаартыскаҕа түһэрэн, өйдөбүнньүк бэлэх оҥостор кыах улаатта. Дьааҥы улууһун Табалаах култууратын киинин үлэһиттэрэ хаартысканан дьүһүйүүгэ «Дойдум кэрэ айылҕата» диэн күрэх тэрийэн, кыайыылаахтар билиннилэр.
Дойдуга турбут коронавирус дьаҥын кэмигэр ситим нөҥүө үлэ тохтообот, саҥаттан саҥа кыах күүһүрэн иһэргэ дылы.
Табалаахтааҕы хаартысканан дьүһүйүү куонкуруһун балаһыанньатынан, кыайыылаахтар төлөпүөннэригэр олохтоох этно-киин үлэһиттэрэ 500 солк уктулар. 60-ча хаартыска киирбититтэн 7 бастыҥ көстүү талылынна.
Кыайыылаахтарынан буоллулар:
— Потапова Елизавета Елисеевна «Ыстаадам систэрэ» / бирииһи олохтоото эбээн норуотун талааннах кыыһа, ЭКЦ уус-уран салайааччыта Светлана Егоровна Слепцова.
— Аммосов Илья Трофимович «Ытык Дьааҥым систэрэ»/ бирииһи туруорда Николай Николаевич Слепцов, ЭКЦ үлэһитэ, эстрада биллиилээх ырыаһыта.
— Эверстова Марина Егоровна «Араҕастай хонуубар…» / Василий Васильевич Потапов, этно-киин дириэктэрин бирииһэ.
— Ефимов Валентин «Долгун уҥуор хаардаах хайам» / Николай Потапов ЭКЦ үлэһитэ бирииһи ыытта.
— Эверстова Мичилиинэ, 11 кылаас үөрэнээччитэ «Кырыа уонна тарбах» / Лилияна Егоровна Потаповаттан бирииһин тутта.
— Слепцова Наташа, 6 кылаас үөрэнээччитэ “Сиэркилэ ньуурдаах үрэҕим”/ Саргылана Христофоровна Потапова ЭКЦ үлэһитэ биһирээтэ.
— Гуляева Валентина Арсентьевна «Таас үрүйэ» / Кононова Лариса Валерьевна ЭКЦ үлэһитэ 500 солк үөрдэ-көтүтэ ыытта.
Кыайыылаахтар бассаап бөлөхтөртөн сүгүрүйээччилэр хайҕабылларын, билиниилэрин туттулар: сүрэхтэр, үөрбүт харахтар, букеттар тохтоло суох «чыыбыргаатылар».
Хаартыскаларга Табалаах айылҕатын кэрэ көстүүлэрэ киирдилэр. Маннык мааны айылҕаҕа хайа сүрэх өрүкүйбэт, маннык үтүө дойдуга ким олорбот буолуоҕай?!?…
Күрэхтэр салҕаналлар, кыттааччы сайаапката киирэ турар. Сааскы сандал күннэргэ ситим нөҥүө элбэх сонун тэрээһиннэр көхтөөхтүк ыытылла тураллар.