Үгэс быһыытынан сылгыны үөрдээн иитиигэ төгүрүк остуол буолуоҕа. Манна улуустартан сылгыһыттар кыттыахтара, бу хайысхаҕа тус үлэлии сылдьар дьон этиилэринэн докумуон ылыллыаҕа.
Племенной атыыры атыылыыр быыстапка тэриллиэҕэ, ат сүүрдүүтэ буолуоҕа, сылгыһыттар хамаанданан күрэхтэһиэхтэрэ.
Эбээн Бытантайтан икки хамаанда кыттар, диэн суруйда «Бытантай уоттара» хаһыат телеграм-ханаала. Сылгыһыттар Степан Николаев уонна Дмитрий Бочкарев бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Бу күрэххэ 1 миэстэҕэ 2 мөл солк., 2 миэстэҕэ бортовой Уаз, 3 миэстэҕэ «Буран» курдук бириистэрдээҕэ дьону көҕүлээбит. Олохтоохтор уолаттара маастарыстыбаларын көрдөрөн, үрдүк ситиһиилэнэллэригэр баҕардылар, ол туһунан иһитиннэриигэ суруллар.