Үөһээ Бүлүү ыччатын түмсүүтүн биир тутаах киһитэ Евдокия Чыбыкова Улуу Кыайыы күнүгэр тыыл бэтэрээнигэр уонна сэрии кэмин оҕотугар туорт бэлэх уунна. Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо Вера Павловна Николаева уонна Николай Иванович Павлов кырдьаҕастарга болҕомтолоох эдэр киһиэхэ алгыстарын эттилэр.
Сэрии аас-туор, сут-кураан, аччык сылларын аһарбыт, оонньооботох оҕо саастаах, бэйэлэрин олохторунан, үлэҕэ-хамнаска бэриниилэринэн Вера Павловна уонна Николай Иванович Үөһээ Бүлүү ыччатыгар холобур буолар дьон.
Үөдүгэй нэһилиэгин бастыҥ уопсастыбанньыга, 4-с №-дээх «Сардаана» оҕо уһуйаанын логопеда Евдокия Чыбыкова Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн улааппыт түөлбэтин ытык кырдьаҕастарыгар минньигэс туортары оҥорон бэлэхтээтэ.
— Кыайыы күнэ – барыбытыгар улуу бырааһынньык. Эйэлээх, сырдык олоҕу аҕалсыбыт эбэлэрбит, эһэлэрбит барахсаттарга тугунан да кэмнэммэт барҕа махталбытын тиэрдэбит. Вера Павловна уонна Николай Иванович – биһиги түөлбэ ытык кырдьаҕастара. Бары оҕо эрдэхпититтэн ытыктыыр, киэн туттар дьоммут. Кинилэргэ үөрүүнү, сырдык, истиҥ, ис сүрэхтэн тахсар бэлэҕи оҥоруохпун наһаа баҕарбытым.
Мин бэйэм туорду сөбүлээн астыыбын. Онон бу түөлбэм күндү дьонугар бырааһынньыктааҕы туорт оҥорон махталбын тиэрдэбин, Кыайыы күнүн үөрүүтүн үллэстэбин, — диир Евдокия.
Ытык кырдьаҕаска ис сүрэхтэн тахсар үтүө сыһыанынан Евдокия Чыбыкова бэйэтин саастыылаахтарыгар холобур буолар. “Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин” ылан, сирдээҕи олоҕу чаҕылхай күн сылаас сардаҥалара угуттуу, чэлгитэ турдуннар.