Хатас нэһилиэгин олохтооҕо Анастасия Ивановна Алексеева «Дьөһөгөй дьикти эйгэтэ» диэн тус быыстапката арылынна, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
Анастасия Ивановна иис эйгэтигэр кэлин сыстыбытым диэн кэпсиир. Иистэнньэҥ отут сыл устата Хатастааҕы совхозка хаппыыста, хортуоска биригэдьииринэн үлэлээбит. 2010 сылга идэтин уларытан Хатастааҕы «Ситим» айымньы дьиэтигэр «Өбүгэ ситимэ» диэн куруһуокка оҕолору төрүт иискэ угуйар уһуйааччынан үлэлии киирбит.
Мантан ыла иис абылаҥар ылларан сыыйа-баайа саҥа ньымалары баһылаан, үлэлэрэ тупсан барбыттар. Тарбаҕар талааннаах кэрэ аҥаары Хатастааҕы уһаныы дьиэтин салайааччыта Татьяна Жиркова уонна «Тускул» култуура киинин салайааччыта Валентин Чепалов, түмсүү салайааччыта Наталья Руфова көҕүлээннэр быыстапканы тэрийдилэр.
Быыстапка арыллар үөрүүлээх күнүгэр Анастасия Ивановнаҕа норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара ааты иҥэрбиттэр. Быыстапка «Симэх» арт-галереяҕа алтынньы 20 күнүгэр дылы туруоҕа.