Чурапчы улууһугар дьиэлэри гаас ситимигэр холбооһун кэлиҥҥи сылларга тиһиктээхтик ыытыллар. Ол курдук, Чурапчы нэһилиэгин киининээҕи 7-с пусковой комплекска чааһынай ыаллары гаас ситимигэр холбооһун үлэтэ саҕаланна.
Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Егоров гаас киллэриитигэр кыаммат ыалларга икки көрүҥ судаарыстыбаннай өйөбүл көрүллэрин туһунан эттэ. Өйөбүллэр СӨ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэллээх буолууга уонна бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэлэринэн көрүллэллэр. Холобур, киин ититэр ситимтэн гааска көһүүгэ сайабылыанньа киирдэҕинэ, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох, дьаһал ылыллар.
“Хаалбыт күннэргэ гаас киириэхтээх ыаллара “СТНГ” тэрилтэттэн техусулуобуйаны ылалларыгар сүбэлиибит. Бу инникитин тыа сирин территорияларын гаастааһын федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларын үлэлэтиигэ үчүгэй көрдөрүү буолуоҕа,”— диэн кини бэлиэтээтэ.
Бу 7-с пусковой комплекска номнуо икки дьиэ холбонно. Бу бырайыак улуус “Тыа сирин территорияларын кэлимник сайыннарыы 2020-2025сс.” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан олоххо киирэр. Бырагыраама тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар тыа сирин олохтоохторун олорор усулуобуйаларын тупсарарга туһуланар. Быйыл саастан 5-с пусковой комплекска “Промэнергогаз” ХЭТ үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар. Карл Маркс аатынан киин уулуссаттан саҕалаан, арҕаа уулуссаларга диэри гаас ситимин тардан, бу күннэргэ үлэни-хамнаһы түмүктээн эрэллэр. Оттон “Строй” ХЭТ быйыл “Арҕаа Бас” түөлбэни гааска холбооһун докумуоннарын оҥоруутун түмүктүөҕэ. Онон кэлэр сылга 5-с уонна 6-с пусковой комплекс олоххо киирэн, 421 дьиэ күөх төлөн ситимигэр холбонуоҕа. Маныаха стояктары туруорууга “Сахатранснефтегаз” филиалын үлэһиттэрэ ылсаллар.
Ааптар: «Саҥа олох» хаһыат