19 Муус устар 19.04
  • -2°
  • $ 94,09
  • 100,53

Быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ дистанционнай куоластааһын сервиһын кытта билистэ

11:02, 01 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа электроннай куоластааһыны ыытыыга бэрэбиэркэлээһин саҕаланна. Саха сиринээҕи быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ  Алексей Ефимов уонна Информационнай киин салайааччыта Михаил Неймохов кыттыыны ыллылар. Тест ааһыытыгар кыттыыга «Госуслуги» порталга бигэргэтиллибит учуоттаах буолар ирдэнэр.


Тестирование кэмигэр смартфонтан куоластааһын көҥүллэнэр. Кыттааччылар бары түһүмэҕи аастылар: «Госуслуги» порталга бэлиэтэннилэр, салгыы куоластааһын сирэйигэр киирдилэр. Сирэйгэ куоластааһыҥҥа кыттыы туһунан толору иһитиннэрии бэриллэр. Онон көрөн хас биирдии «хардыыны» толордулар.

Анонимнай зонаҕа бюллетень көстөр.

Бары түһүмэҕи ааспыттарын кэннэ — куоластааһыны ситиһиилээхтик туораабыттарын туһунан эҕэрдэ кэлэр.

Алексей Ефимов публичнай тестированиены ааһан баран, систиэмэ туох да харгыһа суох үлэлиирин, куоластааһын түргэнник уонна хааччаҕа суох ыытыллыбытын эттэ.

Сиһилии https://ysia.ru/predsedatel-tsik-yakutii-proveril-rabotu-servisa-dlya-distantsionnogo-golosovaniya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА