Бастакы Маайдааҕы сүрүн сэлэлии хаамыы быйыл, историяҕа аан бастаан, Дьокуускай куорат уулуссаларынан буолбакка, «интер-актыыбынайдык» ыытыллыаҕа. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Афанасий Владимиров ВГТРК ханаалга эттэ.
«Коронавируһу утары охсуһуу миэрэлэрин тутуһар сыалтан, профсоюзтар быһаарыыларынан, 1 Маайдааҕы демонстрация үгэскэ кубулуйбут киэбинэн ыытыллыбат. Быйылгы бырааһынньык интерактив барар. Тэрилтэлэр эҕэрдэ телемарафоннары, кэнсиэрдэри ыытар былааннаахтар. Бастатан туран, дьон доруобуйата, онон маннык быһаарыы ылылынна», — диэтэ Афанасий Владимиров.
Санатар эбит буоллахха, Саха сирин профсоюзтарын Федерацияларын Президиума уустук эпидемиологическай балаһыанньанан, үлэһиттэр сомоҕолоһууларын бырааһынньыгын сэлэлии хаамыыта, миитинэ суох ыытары быһаарбыта.