Бэс ыйын 20 (ардыгар 21) күнүгэр Күн сайыҥҥы туруута. Ол аата сылга ордук уһун күн, ордук кылгас түүн. Астрономия этэринэн, 2020 сыллаахха сайыҥҥы Күн туруутун үгэнэ бэс ыйын 20 күнүгэр 21 чаас 44 мүнүүтэ 40 сөкүүндэтигэр буолар. Ити UTC дэнэр аан дойдутааҕы кэминэн, онно, биһиги Дьокуускай кэминэн олорорбут быһыытынан, 9 чааһы эбэбит. Оччоҕо биһиэхэ ити кэмҥэ хайыы-үйэ 21 чыыһыла. Ол аата Күн туруутун үгэнэ Саха сирин улахан аҥарыгар бэс ыйын 21 күнүгэр сарсыарда 6 чаас 44 мүнүүтэҕэ. Сорох илин сытар хотугу улуустарга өссө биир чаас эбиллэр, диэн суруйар Бикипиэдьийэ дьаһабыла Ньукулай Халан.
ХНТ — Тэскилээччилэр аан дойдутааҕы күннэрэ. Сэрииттэн, кутталлаах-быһыыттан майгыттан сылтаан, тыыннарын тэскилэтэн олорор сирдэрин быраҕан барбыт дьон кыһалҕаларыгар болҕомто тардаары бэлиэтэнэр.
🔹1704 — Наарватааҕы дуогабар быһыытынан Польша Швецияны утары (Арассыыйа өттүгэр) сэриигэ кытыспыт.
🔹1740 — майор Дмитрий Павлуцкай Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Бу дуоһунаска 1742 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
🔹1908 — Дьокуускай куорат Дуумата хамыыһыйа тэрийэн уопсастыбаннай баан оннугар судаарыстыбаннай бааны тэрийэр туһунан быһаарыы ылыммыта.
🔹1928 — Москубаттан бастакы саха летчига Алексей Торговкин аала сааххалланан өлбүтүн туһунан телеграмма кэлэр.
🔹1942 — Главсевморпуть Өлүөнэтээҕи авиационнай бөлөҕүн лүөччүгэр Сергей Асямовка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аат иҥэриллибитэ (өлбүтүн кэннэ). 48 ситиһиилээх бойобуой көтүүлэри оҥорбут. Кини экипаһа өстөөхтөргө сүүс тонна буомбаны бырахпыта. Улуу Британияҕа командировкаҕа сылдьан саахалга түбэһэн өлбүтэ.
🔹1991 — ХИФУ Инженернэй-техническэй институтугар Тутуу матырыйаалларын, оҥоһуктарын уонна конструкцияларын оҥоруу хаапыдарата тэриллибитэ.
🔹1998 — «ЛОРП» аһаҕас акционернай общество буолбута.
🔹2003 — Бикипиэдьийэ, Бикитиэкэ, Биики Домох курдук элбэх туһунан бырайыактары үбүлүүр Викимедиа Пуондата тэриллибитэ. Тэрийээччи — Бикипиэдьийэни олохтообут Дьимми Уэйлс.
🔹2017 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ Абдылдаев Шаршеналы уонна Жакиев Бексултан диэн дьоҥҥо бэриллэрин туһунан ыйаах тахсыбыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1936 — Тааттаҕа 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Кутаакы диэн сиргэ Федор Федорович Постников — Арчы Сүөдэр — Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Таатта улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
🔸1955 — Армянскай ССР Ноемберян оройуонугар Кошкотан (билигин — Воскеван) сэлиэнньэҕэ Саха сиригэр көскө ыытыы туһунан тиэмэҕэ дуоктар диссэртээссийэтин көмүскээбит Павел Казарян.
🔸1958 — Бороҕоҥҥо Александр Мигалкин (2012, ахсынньы 1 өлб.) — саха уонна Арассыыйа бэлиитигэ уонна дипломаата, 1999—2006 сылларга СӨ тас сибээһин миниистирэ, Монголия Эрдэнэт куоратыгар Арассыыйа генеральнай консула.
Өлбүттэр:
🔹1933 — Клара Цеткин (1857 төр.), дьахталлар бырааптарын туруулаһааччы.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кыыллаах
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_20
https://sah.wikipedia.org/wiki/UTC
https://sah.wikipedia.org/wiki/Мигалкин_Александр_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Wikimedia
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ойуунускай_аатынан_Судаарыстыбаннай_бириэмийэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Асямов_Сергей_Александрович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_Өрөспүүбүлүкэтин_Национальнай_баана
https://sah.wikipedia.org/wiki/Инженернэй-техническэй_институт
https://sah.wikipedia.org/wiki/Торговкин_Алексей_Николаевич