Бүлүү өрүскэ Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээрин туһаайыытынан муус хамсаата. Маны Улахан Ботуобуйа үрэх арыллыытын уонна Светлинскэй ГЭС элбэх ууну ыытыытын кытта сибээстииллэр.
Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэринэн, муус хамсааһына нуорматтан алта күн эрдэлээтэ.
Сунтаар оройуонугар уу таһыма тахсыыта салҕанар, сууккаҕа 40 — 60 см, ырбыылыыр, муус хараарда. Кириэстээх – Сунтаар учаастагар икки-үс суукканан муус хамсыыра күүтүллэр.