Чугастааҕы сууккаҕа сэттэ улууска быстах ардах түһэрэ күүтүллэр, УГМС тэрилтэ иһитиннэрэр.
Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа быстах ардах түһүөҕэ, түүн этиҥнээх буолуон сөп. Тыала чуумпу, күүһүрэн кэлэр кэмигэр 9-14 с/м тиийиэн сөп, этиҥ этэр кэмигэр — 15-18 с/м. Түүнүн салгын +3…+8, илин өттүгэр хайаларга 0…-5, арҕаа +7…+12, күнүһүн +20…+25, Дьааҥыга +23…+28, хотугулуу-арҕаа +16….+21, Арктика кытылынан +8…+13.
Атын улуустарга сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт.
Дьокуускайга бүгүн сөҥүүтэ суох, тыал соҕуруулуу-илинтэн, күнүс хотуттан 3-8 с/м. Түүнүн +4…+6, күнүс +24…+25 кыраадыс.