Күн-дьыл туруга биллэ тымныйдар даҕаны, Өлүөнэ өрүһүнэн 20 «подушка» дьону таһа сылдьар. Бүгүн уу тырааныспардара дьону тиэйиигэ-таһыыга харгыстары көрүстүлэр, үлэни эрдэ тохтоттулар.
Киэһэ 4 чааһы ааһыыта бүтэһик «Ирбис» Аллараа Бэстээхтэн командировкаҕа эрэ сылдьар дьону тиэнэн айаннаата.
«Бүгүҥҥү подушка сырыытын тохтотто. Мааҕын сарсыарда 8-тан үлэлии сылдьабыт. Суол олус ыарахан, хаста даҕаны моһуоктары көрсө сырыттыбыт. Уонна күн да киирдэ, мантан хараҥаҕа хайдах даҕаны дьону таһар кыахпыт суох. Сарсын подушка сылдьарын-сылдьыбатын мантан киэһэ быһаарыахтара«, -диэн Ирбис үлэһитэ Владимир биллэрдэ.
Өрүскэ гидрологическай балаһыанньа кытаатан, бүгүн, сэтинньи 12 күнүгэр, Жатай — Төхтүр — Жатай хайысхатынан паром сырыыта тохтотулуббутун санатабыт. Тустаах тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 13 күнүгэр уу туругуттан көрөн сырыыны сөргүтүөхтэрэ.
Икки биэрэк кытыытыгар элбэх киһи айаннара табыллыбакка хааллылар.
СИА хаартыската