Оттон Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Абыйга, Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө, Томпоҕо, Орто Халымаҕа быстах ардах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Арктика кытылынан кыратык ардыаҕа, ардыгар туманнаах. Оттон Саха сирин үгүс өттүгэр сөҥүүтэ суох сайыҥҥылыы куйаас күн буолара сылыктанар, суруйар Саха сирэ саайт.
Кыратык тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх тыалырыа, арктика оройуоннарыгар уонна этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м/с күүстээх тыал түһүөҕэ.
Салгын температурата түүн +7+12°С, хотугулуу арҕаа алын тардыытынан +1+6°С, хоту +10+15°С, күнүс +25+30°С, хоту +15+20°С, Арктика улуустарыгар +10+15°С кыраадыс сылаас.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +12+14°С, күнүс +28+30°С кыраадыс итии.