«Азия оҕолоругар» Саха сирин 14 эдэр тустуук көмүскүүр. Спортсменнар тоҕус ыйааһыҥҥа киирсэллэр, икки сүүмэрдэммит хамаанданан. Эдэр бөҕөстөр кырата түөрт мэтээл ыдарга былаанныыллар. Ол туһунан көҥүл тустууга уолаттарга старшай тренер Кузьма Сивцев эттэ, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.
Сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр Чурапчы, Сунтаар, Хаҥалас, Нам, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускайга буоллулар. Бастакы хамаанда тоҕус киһиттэн турар, иккис — биэс. Билигин уолаттар Алдаҥҥа бэлэмнэнэллэр. Салгыы Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай эрэллэр училищеларыгар дьарыктаныахтара.
«Эрдэ түөрт норуоттар ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыбыппыт, үс холбоһуктаах хомууру ааспыппыт. Ол түмүгүнэн, уолаттар кырата түөрт мэтээли ыларга былаанныыллар», — диэтэ Кузьма Сивцев.