27 Муус устар 27.04
  • -7°
  • $ 92,01
  • 98,72

Атырдьах ыйыгар тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус биэрэпиһэ ыытыллыа

13:01, 16 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын 1 – 30 күннэригэр дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус биэрэпиһэ ыытыллыа. Саха сиригэр 628 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ, 3222 крестьянскай хаһаайыстыба, 61345 кэтэх хаһаайыстыба уонна 314 коммерческайа суох холбоһуктар кыттыыны ылыахтара.  


Биэс сылга биирдэ ыытыллар биэрэпис 2026 сыллаахха ыытыллыахтаах бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһигэр бэлэмнэнии курдук ааһыа.

Барыллаан түмүк бу сыл IV кыбаарталыгар, бүтэһиктээх – 2022 сыл бүтэһигэр тахсыа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА