22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арыгы - буруй - хаайыы

11:22, 04 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу дьыл тохсунньу 30 күнүгэр Нерюнгри куорат биир дьиэтигэр 55 саастаах дьахтар өлүгэ көһүннэ. Хаста да быһаҕынан аспыттар. Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 105-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, киһини соруйан өлөрүү бэлиэтэ баарынан, дьыала тэрилиннэ. Барыллаан быһаарыынан, ити күн дьахтар быраатын уонна өлбүт кэргэнин атаһын кытта арыгылаабыттар. Ол олорон, быраата атын хоско барбыт кэмигэр хаһаайка ыалдьытын сэмэлээбит, “эрбин тиһэх суолугар атаарарбытыгар кэлбэтэҕиҥ” диэн. Анарааҥыта ону сөбүлүү истибэтэх, остуолтан быһаҕы хаба тардан ылаат, хаста да быһаҕынан анньыбыт. Дьахтар тыыммат буолбутун көрөн, быһаҕын киэр илгээт, “нүһэр” ыалдьыт атахха биллэрбит. Хостон тахсан кэлбит киһи туох буолбутун көрөөт, полицияҕа эрийбит. Уорбаланааччыны сарсыныгар тутан хаайбыттар.

Маннык быһылааннар күн аайы тахса туралларын криминальнай сводкалар туоһулууллар: Аммаҕа Бөтүҥ 35 саастаах олохтооҕо фермаҕа икки дьахтары быһахтаабыт – ойоҕун — күнүүлээн, иккиһин — туоһу буоларын иһин; Дьокуускайга биир киһийдэх эмиэ күнүүтүгэр буолан, ойоҕун кырбаабыт, онтон эйэлэһэн баран, эмиэ “собуоттанан” турбуттарыгар, дьахтар эрин быһаҕынан анньыбыт; Чурапчыга урут сууттана сылдьыбыт 31 саастаах дьахтар эмиэ күнүүлээн, биир дьахтары кырбаабыт; Өлүөхүмэҕэ үс киһи арыгылааһынын түмүгэр, биир киһи быһаҕынан анньыллыбыт. Бу түбэлтэлэргэ эмсэҕэлээччилэр тыыннаах хаалбыттар.

Дойдуга да, биһиэхэ да арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу баһыйар ахсааны ылар.  Урут даҕаны, билигин даҕаны. Статистика көрдөрөрүнэн, өлөрүөхсүттэр 80 %-нара уонна кинилэр сиэртибэлэрин 60 %-на буруй оҥоһуллуон иннинэ арыгы испиттэрэ биллэр. Ол эбэтэр, итирик киһи буруйу да оҥоруон сөп, бэйэтэ да эмсэҕэлээччи буолуон сөп.

Маннык быһыыны-майгыны билэ-көрө сылдьан, өрөспүүбүлүкэ салалтата кэккэ дьаһаллары ылбытын билэбит. Ол курдук, 2013 сыллаахха «Итирдэр утахтары атыылааһын бириэмэтигэр, атыыланар миэстэтигэр, усулуобуйатыгар эбии хаарчахтааһыннары киллэрэр туһунан» сокуон ылыныллыбыта. Ол сокуон ирдэбилинэн, итирдэр утахтары киэһэ 20-00 чаастан күнүс 14-00 чааска диэри кэмҥэ атыылыыр бобуллар. Ити сокуону кэспит атыылааччы уонна маҕаһыыны бас билээччи ыстарааптаналлар. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо пиибэ, арыгы атыылааһын иһин өссө улахан суумалаах ыстараап олохтоммута: атыылааччыга – 30.000 — 50.000 солк., фирма салайааччытыгар – 100.000 — 200.000 солк., компанияҕа — 300.000 — 500.000 солк.

Маны сэргэ, дьон олорор уопсай дьиэлэригэр баар маҕаһыыннарга аһыы утаҕы атыылааһын эмиэ хаарчахтаммыта. Былырыын арыгы атыытын лицензиялыыр, биирдиилээн атыылааһыны хонтуруоллуур сыаллаах анал управление тэриллибитэ. Полиция үлэһиттэрэ ити сокуону тутуһуу хайдаҕын күн аайы рейдэ ыытан бэрэбиэркэлииллэр. Сокуону кэспиттэр, үөһэ этэн аһарбытым курдук, административнай миэрэнэн накаастаналлар. Ону тэҥэ, уруккунан “туочукаларга” атыылыыр, аныгынан “бутлегердар” дэнэр дьону булан миэрэҕэ тардыы эмиэ ис дьыала уорганнарыгар сүктэриллэр. Дьиҥэр, нэһилиэктэргэ ким уоран арыгы атыылаан ас таһаарынарын дьон да, дьаһалта да билэр эрээри, сыһыан араас быһыылаах.

СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ үрдээбит: өскөтүн 2014 сылга итинник 3509 холуобунай дьыала силиэстийэлэммит эбит буоллаҕына, 2015 сылга – 3777 (7,6 %-нан). Бу үрдээһин, сүрүннээн, итирик суоппардар дьыалаларын суотугар бэлиэтэнэр.

Биллэрин курдук, массыынаны арыгы иһэн баран ыыта сылдьар киһи иккис төгүлүн оннук түбэстэҕинэ итиэннэ медосвидетельствование барартан аккаастаннаҕына, ааспыт сыл от ыйын 1 күнүттэн киирбит сокуонунан, холуобунай дьыалаҕа эриллэр. Ол курдук, 2015 сылга итирик суоппар буруйунан тахсыбыт 58 суол быһылааныгар 14 киһи суорума суолламмыт, 86 киһи араас эчэйии ылбыт.

Полиция дааннайынан, “итирик” буруйу оҥоруу Мирнэйгэ, Нерюнгрига, Хангаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Бүлүүгэ, Намҥа, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа, Кэбээйигэ, Булуҥҥа уонна Уус Майаҕа аҕыйаабыт. Оттон Орто Халымаҕа (84,2 %-нан), Өлөөҥҥө (53,8 %-нан), Үөһээ Бүлүүгэ (40,2 %-нан), Эбээн Бытантайга (40 %-нан), Дьокуускайга, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа, Горнайга, Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа элбээбит.

Тохсунньу ортотугар Сунтаар улууһугар түүн маҕаһыынтан үс киһи 9 бытыылка буокканы уорбуттар. Ханна да үлэлээбэт 30-тан 37-гэр диэри саастаах дьон. Биирдэстэрэ урут уорууга түбэһэн, холуобунай эппиэккэ тардылла сылдьыбыт киһи. Дьэҥдьиир кэмигэр сорох бытыылка көстүбүт, сороҕун испиттэр. Итинэн мин тугу этиэхпин баҕарабыный? “Үөһэттэн” хайдахтаах да дьаһаллар ылыллыбыттарын иһин, эрдэттэн сэрэтии, хонтуруол, миэрэ ылыы баарын да иһин, киһи бэйэтэ баҕаран, бэйэтэн эккирэтэн туран иһэрин тухары маннык буруйдар тахсар туруохтара. Ким да күүһүнэн арыгыны айахха куппат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА