21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Аммаҕа от үүнүүтэ мөлтөҕүн бэлиэтииллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл Амма улууһугар отчуттарга уустук кэм буолла. Курааннаан от үчүгэйдик үүммэтэ. Ол да буоллар от үлэтэ күргүөмнээхтик барар. Покровка нэһилиэгин “Кормилец” бааһынай хаһаайыстыбата окко от ыйын 15 күнүттэн тахсыбыта.

“Быйыл от үүнүүтэ олох мөлтөх. Арай уу тохтуур сирдэрэ арыый да курдуктар. Былааммыт сезоҥҥа 160 тонна. От үүнүүтэ төһө да мөлтөҕүн иһин сэрбэйбити барытын охсор былааннаах от ыйын 15 күнүттэн ходуһаҕа тахсыбыппыт. Билигин Покровка ходуһаларыгар уопсайа биэс биригээдэ тахсан оттуу сылдьар. Бары механизированнай звенолар диэххэ сөп. Сүөһүлэрбитин сыл таһаарар туһугар билигин турар кураан күннэри былдьаһа күүстээхтик оттуубут”, — диэн хаһаайыстыба баһылыга Игорь Петровсырдатар.

Хаһаайыстыбаҕа 100-чэкэ төбөлөөхтөр, манна ыанар ынаҕа 50-ча. Сыллата “Кормилец”-тар үүт туттараллар, былааннарын аһары толороллор. Билигин сайылыкка тахсыбыттара. От ыйын 22 күнүн туругунан хаһаайыстыба 4 тонна оту кэбистэ. Бу былаантан 2, 5 бырыһыан.

Источник: “Амма олоҕо” хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА