22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Акушер-гинеколог Мария Прохорова эдэр медиктар куонкурустарыгар бастаата

Фото: пресс-служба Минздрава Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга «Идэ — олох» диэн медицина эйгэтин эдэр исписэлиистэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолла. Кыайыылааҕынан Саха сиринээҕи Перинатальнай киин акушер-гинеколога Мария Прохорова таҕыста.

Акушер-гинеколог «Школа матери и ребенка» бырайыагынан кытынна, суруйар СИА.

«Куонкурус сүрүн критерийа – бырайыак доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр социальнай суолталаах буолуохтаах. 2016 сыллаахха ыытыллыбыт куонкуруска анестезиолог-реаниматолог оҕо анестезиологиятыгар  мобильнай сыһыарыы оҥорон кыттыбыта, кини бастаабыта», — диэтэ куонкурус тэрийээччитэ, Нам киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев.

Быйыл барыта 50 сайаапка киирбититтэн, финалга 11 кыттааччы таҕыста.

Сүрүн бириис – кыайыылаах бэйэтэ талыытыгар Россия куоратын үөрэҕин кыһатыгар квалификацияны үрдэтии.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА