Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн РФ успуордун миниистирэ Михаил Владимирович Дегтяреву кытта көрүстэ. Бу көрсүһүүтүн туһунан кини телеграмҥа ханаалыгар суруйда.
-Михаил Владимирович биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакытын кэллэ. Кини «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна күрэхтэһиилэр үрдүк таһымнаахтык баралларыгар эрэллээҕин эттэ. Биһиги үгүс боппуруоһу быһаарыстыбыт. Ол иһигэр «Азия оҕолоро» оонньуулар, өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт сайдыытын тустарынан. Михаил Владимирович Саха сирэ кырдьык, спортивнай өрөспүүбүлүкэ буоларын бэлиэтээтэ, успуорка көрдөрүүлэринэн уонна спортивнай инфраструктуранан хааччыллыытынан, — диэн суруйда.
Источник: Саха сирэ саайт