Айанньыт-блогердар Алексей Жирухин уонна Александр Еликов 1981 сыллааҕы «Москвич-412» массыыналарынан Анаабырга тиийдилэр. Кинилэр бэйэлэрин айаннарын ахсынньы 3 күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссаттан саҕалаабыттара.
ЯСИА кэрэспэдьиэнигэр айаннарын туһунан кэпсээтилэр. «Умнуллубат өйдөбүллэри ыллыбыт. Эрдэ Саха сиригэр сылдьыбыппыт, ити эрээри «внедорожник» уонна «Москвич» айана диэн тус-туспа, бэйэ бэйэлэригэр тэҥнэспэттэр. Хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууннарга киирэн, дьону кытта кэпсэтэбит, оскуолаларга сырыттыбыт, музейдары көрдүбүт. Барыта истиҥ», — диэтэ Алексей Жирухин.