Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна парламена Хоту улуустар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын устудьуоннарыгар көрүллүөхтээх чэпчэтиилэри чөлүгэр түһэрэри туруорсаллар. Ити туһунан Арктика сүрүннүүр сэбиэтин мунньаҕар эттилэр.
«Биһиги оройуоннарбыт оҕолоро ХИФУ үөрэммиттэрэ. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуотун бэрэстэбиитэллэрэ буоланнар, үрдэтиллибит истипиэндийэни ылаллара. Ол эрээри ити эбии төлөбүрү суох оҥорбуттара», — диир Өлөөн эбээн национальнай улууһун баһылыга Александр Иванов.
Мунньаҕы салайан ыыппыт бастакы вице-премьер Петр Алексеев бу боппуруоһу быһаарарыгар тылы профессиональнай үөрэхтээһин миниистиригэр Михаил Присяжнайга биэрдэ.
«Чахчы, чэпчэтии федеральнай таһымҥа суох оҥоһуллубута. Маннык ыйытыгы Булуҥ улууһугар туруорбуппут. Россия наукаҕа министиэристибэтин кытта 2017-2019 сыллааҕы судаарыстыба бюджетыгар туох былааннанарын туһунан кэпсэтиилэри ыытыахпыт», — диир миниистир.
Петр Алексеев профессиональнай үөрэхтээһин министиэристибэтэ бу боппуруоһу хамсатарыгар сорудахтаата. Бырабыыталыстыба сорудаҕын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев уонна Хоту аҕыйах ахсааннаах омуктар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин салайааччыта Елена Голомарева өйүүллэр.