22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

960 мөл кэриҥэ солк Саха сирин тупсарыыга анаммыт көҕүлээһиннэргэ көрүлүннэ

11:55, 10 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Мин төрөөбүт куоратым уонна сэлиэнньэм» бырайыагынан 2021 сылга Саха сиригэр 960 мөл кэриҥэ солк харчы көрүлүннэ. Бу олорор сири тупсарыныыга анаммыт көҕүлээһиннэргэ тыырыллыбыт икки федеральнайдааҕы уонна икки регионнааҕы бырагыраамалар. Бу туһунан ТАСС-ка Үп министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Ил Дархан ахсынньы 1 күнүгэр «Мин төрөөбүт куоратым уонна сэлиэнньэм» диэн бырайыагы бигэргэтиигэ ыйаахха илии баттаата. Манна куорат эйгэтин тупсарыы, тыа сирин биир кэлимник сайыннарыы, олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн, «Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын бырагыраамалара тиһилиннилэр.

«Бырайыагы үлэлэтиигэ 2021 сылга 959 мөл солк көрүлүннэ. Федеральнайдааҕы «Комплексное развитие сельских территорий» уонна «Формирование комфортной городской среды» бырагыраамаларынан туһааннааҕынан 41 мөл солк уонна 252,9 мөл тахса солк көрүллэллэр. Регионнааҕы «Программа поддержки местных инициатив» уонна «Моя Якутия в ХХI веке» — 500 мөл солк уонна 166 мөл солк«, — пресс-сулууспа эттэ.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама Саха сиригэр 2017 сыллаахтан үлэлиир. Манна суол өрөмүөнэ, пааркалары тупсарыы, уу ситимин тардыы, оҕо уонна спорт былаһааккаларын тутуу, инфраструктура эбийиэктэрин чөлүгэр түһэрии, пааматынньыктары тупсаран оҥоруу киирэллэр. «Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһына 1999 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА