«Предупреди пожар – установи АДПИ!» акция чэрчитинэн 2022 сыл тоҕус ыйыгар Саха сиригэр барыта баһаары биллэрэр тэрили социальнай хайысханан дьон олорор дьиэлэригэр туруордулар.
СИА-ҕа «Госкомобеспечения» тэрилтэ туһааннаах үлэҕэ Департаменын салайааччытын солбуйааччыта Вадим Шадрин кэпсээтэ. ««Предупреди пожар – установи АДПИ!» акция ааспыт сыл тохсунньутугар саҕаламмыта, 2021 сылга 2400 тэрил туруоруллубута, 1200 киһи кыттыбыта. Быйыл 5450 тэрил турда, тыһыынчаттан тахса киһи кытынна», –диэтэ кини.