Ил Түмэҥҥэ 50-тан тахса сыл олорбут кэргэнниилэргэ 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Бу сокуон барылын Ил Түмэн саайтыгар билсиэххэ сөп.
Бастакы сыллара саахсаламмыт күннэриттэн ааҕыллан барар. Онон 50, 60, 70 сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэргэ 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр буолуохтара. Кэргэнниилэр Саха сиригэр 20 сылтан кырата суох кэм устата олорбут буолуохтаахтар.
Бу сокуон барыла ылылыннаҕына, сабаҕалааһын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһинэ сыллата 35 мөлүйүөн буолуон сөп.
2024 сылга Саха сиригэр 280 паара Кыһыл көмүс сыбаайбатын бэлиэтиир. 58 паара 60 сыл, 52 паара 60-тан тахса сыл бииргэ ыал буолан олорбуттар.
Санатар буоллахха, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар саҥа ыал буолбут, 25 саастарын туола илик эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр буолбуттара.
Бу маннык көмө миэрэлэрэ атын эрэгийиэннэргэ эмиэ бааллар. Холобур, Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир ыалларга Санкт-Петербурга уонна Ленинград уобалаһыгар — 50 тыһыынча солкуобайы, 60 сыл олорбуттарга — 60 тыһыынча солкуобайы, 70 сыл олорбуттарга — 70 тыһыынча солкуобайы, Москваҕа — 25,5 тыһыынча солкуобайы, Новосибирскай уобаласка — 50 тыһыынча солкуобайы биэрэллэр.